Аэропорду ааттааччылар чахчы да, хайдах буоллугут?! Аны, баар суох аэрпопорпутун Эллэй боотур аатынан ааттаары туруорсубуккут дуу?! Эллэй боотур манна кэлии, түүрк, татаар омук буоларын билбэккит үһү дуо ама? Манна Саха Сиригэр тиксиэр диэри, куттанан, баһа быстарыттан баһа батарынан куотан (дезертирдээн), тыынын тэскилэтэн кэлбит киһи эбээт. Мусульман итэҕэллээх. Онтон арыый уоскуйан Саха Сиригэр кини иннинэ эрдэ куотан кэлбит монгол Омолой кыра кыыһын кэтээн, күүгэннээхтик ииктиириттэн көрөн талан ойох ылар. Саха кыыһын ылбат. Ол эрээри манна, Биһиэхэ сахаларга кэлэн сыһыйбыта, сахалыы билбитэ, сахалыы саҥарбыта, бэйэтин итэҕэлиттэн тэйэн, дьиҥ сахалыы Аар Айыы ТАҤАРА итэҕэлин ылыммыта, сахалары үтүктэн ыһыах ыспыта. Эллэйтэн үөскээбиппит буоллар, - татаардарбыт диэхпит этэ. Ол чахчы! Сахалыы аата да суох Синельга, саатар тугу да билбэт эрээри, кыттыһыа да суох эбит! Аэропорду Татаар Эллэй диэтигит даҕаны - Саха Сирин кэлиилэргэ туран биэрэҕит. Кэлии түүрдэр бука бары "бу биһиги төрүт сирбит" - дииллэригэр тиийэллэр. Диэн да эрэллэр. Аэропортпутун саха омугу кэлии сэриититтэн көмүскээн сомоҕолуу сатаабыт, саха бастакы боотурдарын сомоҕолообут, (армиятын) тэрийбит, саха саарынын Дыгын Дархан аатынан буолара ордук этэ. САХА ХААН ТААЛА.

Теги других блогов: путешествия аэропорт Саха